SAQA VPN
Windows-ка
Windows компьютерга SAQA-ны Happ сыһыарыы нөҥүө холбооҥ.
Холбонуох иннинэ
- SAQA VPN үлэлиир суруйтарыыта наада — кинини биһиги боппутугар оҥорон, күлүүһү ылыаххытын сөп.
- Бастакы холбонуу иннинэ атын VPN-сыһыарыылары уонна систиэмэ прокситын араарыҥ.
- Күлүүс бэйэҕит эрэ: кимиэхэ да ыыппаҥ, скриншоттарга көрдөрүмэҥ.
Холбонуу: Happ
- 1
Happ хачайдаан туруоруҥ
Windows (x64) иһин Happ туруорааччытын хачайдаан, саҕалааҥ уонна ыйыылары тутуһуҥ.
Скриншот миэстэтэimg/windows-happ-1.png - 2
Холбонуу күлүүһүн хатылааҥ
Telegram-ҥа SAQA бота арыйыҥ, Мои активные подписки салааҕа киириҥ уонна суруйтарыы сигэтин баттааҥ — кини толору хатыланыа.
Сүбэ: Күлүүһү төлөпүөҥҥэ хатылаан, Telegram «Избранное»-ҕа бэйэҕитигэр ыытыҥ — онтон компьютерга судургутук ылыаххыт.
Скриншот миэстэтэimg/windows-happ-2.png - 3
Суруйтарыыны эбиҥ
Happ-ка + баттааҥ. Имя подписки диэн сиргэ ханнык баҕарар ааты суруйуҥ, холобур SAQA. URL подписки диэн сиргэ күлүүһү киллэрэн Добавить баттааҥ.
Скриншот миэстэтэimg/windows-happ-3.png - 4
Холбонуҥ
SAQA серверин талан, холбонуу кнопкатын баттааҥ. Windows ыйыттаҕына — көҥүллээҥ.
Скриншот миэстэтэimg/windows-happ-4.png - 5
Аптамаатынан саҥардыыны холбооҥ баҕарар буоллаххытына
Шестерёнка → Расширенные настройки → Подписки. Авто обновления холбооҥ, 1 ч. интервалы туруоруҥ уонна Обновить при открытии холбооҥ — оччоҕо SAQA серверин тиһигэ куруук саҥа буолуо.
Скриншот миэстэтэimg/windows-happ-5.png
Бэлэм — эһиги SAQA-ҕа холбоннугут
Аныгыскытын сыһыарыыны арыйан, холбонуу кнопкатын баттааҥ эрэ.
Холбонуу күлүүһүн ханнык ылабын?
SAQA ботугар → «Мои активные подписки». Суруйтарыы сигэтин баттааҥ — хатыланыа. Толору хатылааҥ.
Күлүүһү киллэрбиппэр сервердэр көстүбэтилэр
Күлүүс толору хатыламматах буолуохтаах. Боттан өссө төгүл хатылаан, суруйтарыыны саҥаттан эбиҥ.
Суруйтарыы үлэлиирин боттан бэрэбиэркэлээҥ.
VPN холбоммот эбэтэр сайттар арыллыбаттар
Атын VPN-сыһыарыылары уонна систиэмэ прокситын араарыҥ.
Сыһыарыыга суруйтарыыны саҥардан, атын серверы талыҥ.
Көмөлөспөтөҕүнэ — Wi-Fi / мобильнай интернеты уларытан, хаттаан холбонуҥ.
Happ App Store-га суох
iPhone уонна iPad-ка INCY эбэтэр Wrabbit Proxy туттуоххутун сөп — SAQA күлүүһэ кинилэргэ эмиэ сөп түбэһэр. INCY ыйыыта.
Хас да тэрилгэ сөп дуо?
Тэрил ахсаана тарифкытыттан тутулуктаах — боттон көрүөххүт. Хас биирдии тэрилгэ күлүүс ол тэрил ыйыытынан эбиллэр.
Холбонор кыаллыбата дуо?
SAQA өйөбүлүгэр суруйуҥ: тэрилгитин уонна туох хардыыга кыһалҕа тахсыбытын ыйыҥ.