ЫЙЫЫ

SAQA VPN
Android-ка

Android-ка SAQA-ны холбуурга Happ босхо приложенияны туттуҥ. Икки-үс мүнүүтэ ылыа.

Тэрил

Холбонуох иннинэ

  • SAQA VPN үлэлиир подписката наада — итини биһиги боппутугар оҥорон, күлүүһү ылыаххытын сөп.
  • Бастакы холбонуу иннинэ атын VPN-приложениялары уонна систиэмэ прокситын араарыҥ.
  • Күлүүс бэйэҕит эрэ: кимиэхэ да ыытымаҥ, скриншоттарга көрдөрүмэҥ.

Холбонуу: Happ

≈ 2 мүнүүтэ
  1. 1

    Happ туруоруҥ

    Аллара кнопканы баттааҥ — официальнай сайттан Happ.apk файл хачайданыа. Файлы арыйыҥ уонна «Установить» баттааҥ.

    Сүбэ: Google Play баар дуо? Happ-ы онтон эмиэ туруоруоххутун сөп: Happ Google Play-га.
    Хардыы 1
    Скриншот миэстэтэimg/android-happ-1.png
  2. 2

    Холбонуу күлүүһүн хатылааҥ

    Telegram-ҥа SAQA боту арыйыҥ, Активнай подпискалар салааҕа киириҥ уонна күлүүс кнуопкаҕа баттаа — итиннэ подписка сыылкаҕыт баар.

    Сүбэ: Сигэни толору хатылааҥ, тугу да уларыппаккыт.
    Хардыы 2
    Скриншот миэстэтэimg/android-happ-2.png
  3. 3

    Подписканы эбиҥ

    Happ арыйан, + баттааҥ уонна Вставить из буфера обмена талыҥ. Төлөпүөн ыйыттаҕына сөбүлүһүн.

    Подпискаҕыт эбилиэр уонна SAQA сервердэрэ киириэхтэригэр диэри хас да сөкүүндэ кэтэһиҥ.

    Хардыы 3
    Скриншот миэстэтэimg/android-happ-3.png
  4. 4

    Холбонуҥ

    Серверы талан, холбуур кнуопканы баттааҥ. Android VPN-холбонууну оҥорорго ыйыттаҕына ОК баттааҥ.

    Хардыы 4
    Скриншот миэстэтэimg/android-happ-4.png
  5. 5

    «Автообновление» холбооҥ баҕарар буоллаххытына

    Шестерёнка → Расширенные настройки → Подписки. Авто обновления холбооҥ, 1 ч. интервалы туруоруҥ уонна Обновить при открытии холбооҥ — SAQA сервердар тиһиктэрэ өрүү саҥа буолуоҕа.

    Хардыы 5
    Скриншот миэстэтэimg/android-happ-5.png

Бэлэм — эһиги SAQA-ҕа холбоннугут

Аныгыскытын сыһыарыыны арыйан, холбонуу кнопкатын баттааҥ эрэ.

Элбэхтик ыйытыллар ыйытыылар
Холбонуу күлүүһүн ханнык ылабын?

SAQA ботугар → «Мои активные подписки». Суруйтарыы сигэтин баттааҥ — хатыланыа. Толору хатылааҥ.

Күлүүһү киллэрбиппэр сервердэр көстүбэтилэр

Күлүүс толору хатыламматах буолуохтаах. Боттан өссө төгүл хатылаан, суруйтарыыны саҥаттан эбиҥ.

Суруйтарыы үлэлиирин боттан бэрэбиэркэлээҥ.

VPN холбоммот эбэтэр сайттар арыллыбаттар

Атын VPN-сыһыарыылары уонна систиэмэ прокситын араарыҥ.

Сыһыарыыга суруйтарыыны саҥардан, атын серверы талыҥ.

Көмөлөспөтөҕүнэ — Wi-Fi / мобильнай интернеты уларытан, хаттаан холбонуҥ.

Happ App Store-га суох

iPhone уонна iPad-ка INCY эбэтэр Wrabbit Proxy туттуоххутун сөп — SAQA күлүүһэ кинилэргэ эмиэ сөп түбэһэр. INCY ыйыыта.

Хас да тэрилгэ сөп дуо?

Тэрил ахсаана тарифкытыттан тутулуктаах — боттон көрүөххүт. Хас биирдии тэрилгэ күлүүс ол тэрил ыйыытынан эбиллэр.

Холбонор кыаллыбата дуо?

SAQA өйөбүлүгэр суруйуҥ: тэрилгитин уонна туох хардыыга кыһалҕа тахсыбытын ыйыҥ.

SAQA өйөбүлэ